Page 4 - Еспех нэьилиэгин ытык кэрэ сирдэрэ
P. 4

Хампа үрэҕэ өрүстэн 3 көс холобурдаах сиргэ сытар Хампа диэн

              күөлтэн саҕаланар. Бу хоту-соҕуруу ньолбуһахтыны, төгүрүк тоҕойдордоох 3

              туоналаах курдук күөл. Бочоохтоох, ылбайдаах эрээри балыктамматах эбит.

              Хоту өттө эмиэ алыы буолан барар, икки чанчыга намыһах тыа.

                     Арҕаа үөрэҕэс кытыла өрүс уута дэбигис ылбат үрдүк буолан кураайы

              уонна мае, талах былдьаан кэбиспит Элгээннэрин атахтара дулҕа-маар

              буолан хаалыталаабыттар.


                     Куталаах биэрэгэ диэн суоллааҕа-иистээҕэ тугуна да биллибэт сиринэн
              хатыҥ чаран быыһынан 2 км холобурдаах сиргэ тылбыы курдук эрээри


              то лору уулаах элгээн костер. Бу Куталаах.
                     Бу түөрт сүүсчэкэ метр уһуннаах ырааһыйа илин арҕаа уһуктарыгар


              дьиэлэх.
                     Синньигэс кырдал кэтэҕиттэн өрүс мыраанын тэллэҕэ саҕаланар. Ону


              өрө дабайан 6 биэрэстэ холобурдааҕы хоту түстэхпитинэ Сатаҕай диэн хоруу

              күөл баар.

                     Бу күөлү былыр Бөтүрүүсэ Кулубаттан (Афанасьев Петр

              Алексеевичтан) көнүллэтэн маннааҕы оҕонньоттор Үрүмээһэптэр хорбуттара

              үһү.

                     Кини 42 гаа кэриҥэ оттонор ходуһалаах, ортотугар уутун сороҕо

              олорон күөл буолан хаалбыт. Арҕаа баһыгар Сыраан диэн кыракый

              саппыйалаах. Халдьаайытыгар хаймыы хатанын кэтэҕэр Улахан көлүйэ диэн

              кыракый көлүйэлээх, 2 гаа кэриҥэ оттонор ходуһалаах. Сатаҕай үүммүт

              дьылыгар сүүсчэкэ сыарҕа оту биэрэрэ үһү.

                     Сатаҕайтан үс биэрэстэни илиннэтэ хоту бардахха соҕуруу эҥээригэр

              Таппалаах диэн хос сыһыылаах Элбэҕи диэн эмиэ хоруу күөл баар. Бу эмиэ

              олохтоохтор хорбут сирдэрэ. 33 гектар иэннээх. Бастаан кырыстанарын

              саҕана балысханнык үүммүт сир диэн бу эбитэ үһү. Элбэҕи арҕаа уһугар ыал

              олоҕо. Манна 7 бырааттыы Үрүмээһэптэр, кэлин кинилэр уолаттара,

              сиэннэрэ олорбуттара.
   1   2   3   4   5   6