Page 184 - Дүпсүн сирэ
P. 184

Мэтээллээх  Маайа
             Мин ийэм, Сивцева Мария Васильевна, Дүпсүн улууһун II Өспөх нэһилиэгэр
          Чагдаайы  диэн  сир  Арҕаа  хочотугар  1898  сыллаахха  төрөөбүтэ.  Маайа  кыра
          оҕо  эрдэҕиттэн  сытыы-хотуу,  кыайыылаах  үлэһит  буола  улааппыта.  Оскуола
          диэни  өҥөйбөтөҕө.  Ликбезкэ  үөрэммитэ.  Сүүрбэччэ  саастааҕар  Бээди  алаас-
          ка олорор  Сивцев Иван Даниловичка  эргэ тахсыбыта.  Биэстэ оҕоломмутуттан
          мин  убайбыныын  ордон  хаалбыппыт.  1932  сыллаахха  «Бээди»  холкуос  тэрил-
          либитигэр  ким-хайа  иннинэ,  биһиги  төрөппүттэрбит  киирбиттэрэ.  Холкуос-
          ка  киирэллэригэр  икки  сылгыны,  үс  ынах  сүөһүнү  холбообуттара.  Ийэм  эр
          киһи  үлэтин  барытын  үлэлиирэ:  сүгэнэн  мае  кэрдэрэ,  от  охсоро,  мунньара,
          кэбиһиигэ  күнҥэ  сүүс  отуттан  тахса  угаайыны  угара,  сорох  сайын  күөл  кы-
          тыытын отун оҕустараллара. Биир да оту хаалларбакка уутун нэлэтэн кэбиһэрэ.
          Сааһын ыһыы  үлэтигэр түүннэри-күнүстэри оҕуһунан сир тиэрдэрэрэ.  Ыһыы
          үлэтин алта күнүнэн үлэлээн бүтэрэллэрэ.  Ол  кэнниттэн сири  паардааһыҥна
          үлэлиирэ.  Сайынын  наар  от  үлэтэ.  Сиэмэ  буспутун  кэннэ  илиинэн  сиэмэ
          быһыытын  үлэтэ  саҕаланара,  күҥҥэ  0,56  га  сири  быһара.  Ол  кэнниттэн  аны
          сиэмэ астааһынын  үлэтэ кэлэрэ.  Малатыылкаҕа сиэмэ астатыы,  веялкаҕа сиэ­
          мэ  ыраастатыы  (илиинэн  эрийэн  үлэлэтэллэрэ)  хара  сарсыардаттан  киэһээ
          хараҥарыар диэри барара.  Кыһынын  икки атынан эбэтэр икки оҕуһунан фер­
          ма отун тиэйиигэ үлэлиирэ.
             Сэрии  сут-кураан  сылларыгар  Кэбээйигэ,  Намҥа  от  оттооһунугар  барара,
          кыһынын  сүөһү  көрүүтүгэр  үлэлиирэ.  Биир  да  сүөһүнү  өлөрбөккө,  барытын
          тыыннаахтыы  иитэн таһаарара  1942 сыллаахха 51  сааһыгар 417,  1943 с.  —  526,
          1944  с.  —  4  ыйга  190  үлэ  күннэрин  өлөрбүтүн  иһин  «1941 — 1945  сс  Аҕа дой-
          ду  улуу  сэриитигэр  килбиэннээх  үлэтин  иһин»  мэтээлинэн  1946  сыллаахха
          наҕараадаламмыта.  Кэлин  наар  ыанньыксытынан  үлэлээбитэ.  Кыһыннары,
          сайыннары  14 ынаҕы,  14 ньирэйи, атыыр оҕуһу көрөрө. Оччолорго ынаҕы ньи-
          рэйин  эмтэрэн,  түөртэ  ыыллара.  Ол  быыһыгар  от  оттуурга  былаан  биэрэллэ-
          рэ.  Кыһынын сүөһүлэрин ойбоҥҥо уулаталлара,  ньирэйдэригэр уу баһаллара,
          саахтарын  балбаахтыыллара,  оҕуһунан  бааһынаҕа  таһаллара.  Хаһан  да  сын-
          ньанар  диэни  билбэккэ,  ыарахан  кэмнэргэ  санаатын  түһэрбэккэ,  эрэйдээх-
          кыһалҕалаах  олоххо  олоробут  диэн  биир  тылы  быктарбакка,  1960  сыллаахха
          олунньу ый  27  күнүгэр олоҕун түмүктээбитэ.
                                                                 Алексей Иванович  Сивцев

                                 Сивцева  Екатерина  Николаевна
                                          (1910-1990)
             Хоту Лукуга олохтоох ыалга төрөөбүтэ.  1933 с. тэриллибит «Луку» холкуоска
          чилиэнинэн киирэн, ыанньыксытынан үлэлээн өр сыллаах үлэтин саҕалаабыта.
          1942—1949  сылларга  от  үүммэтэх  кураан  сылларыгар  Кэбээйинэн,  Намынан
          көһүргээн  от  оттоһон,  сүөһү  кыстатыһан  үлэлээн  сылдьыбыта.  Ыанньыксы­
          тынан  үлэлээбит  сылларыгар  таһаарыылаах  үлэтин  иһин  «Социалистическай
          куоталаһыы  кыайыылааҕа»  бэлиэнэн,  «В.И.Ленин  төрөөбүтэ  100  сылын  бэ-
          180
   179   180   181   182   183   184   185   186   187   188   189