Page 38 - Элэс Боотур Бүөтүр Оҕотоойоп
P. 38
Сириэдийэ байан олорбут
Ньиргийэ баай xotyhJ
Эдэр эмньик эрдэхтэринээҕи
Дьоллоох тунуй уруулара
Көмөлүйдэр сүрэхтэрин чопчута,
[Көрдөр харахтарын дьүккэтэ,
Көтүрдэр тиистэрин миилэтэ
Эһэ Хара аттаах
Элэс Боотур диэщ)
Киэһэ-сарсыарда
Хатан дьыбарга
Хоргус киһи
Куттанан ааттаабат,
Сүүрүк сылгы
Сэттэ түүннээх күнү мэлдьи
Сүүрэн субуллан сиппэт,
Суол-суол аайы
Соҕотоҕун сураҕырбыт
Суон модун cypaxTaaxj
Аллаах ат
Аҕыс түүннээх күнү мэлдьи
Айаннаан атаралаан тиийбэт,
САартык-аартык аайы
Аҥардастыы арбанар
Албан дьоһун
Ааттаах киһи эбит\\
Ол орто түһүлгэ дойду
Охтубат оҥоруулаах
Улуу бухатыырын,
Уол оҕо уһуктааҕын
Төрүөҕүттэн ыла түөстэххэ:
Тоҕус ыйа
Томтойо туолан,
Онус ыйыгар
Уонча хоноот,
Күн сирин
Корор кэмэ кэлэн,
Көмүскээн-харыһыйан иитэр
Күн күбэй хотун ийэтин
Халыҥ хапчаҕайын

