Page 10 - Неизвестное название
P. 10
70 Үтүрүйэн түстэҕинэ,
Үөннээх түптүйэ курдук
Үлтү сынньыа,
Аллараттан алдьархай боцо
Адылыйан таҕыстаҕына,
Атаҕынан саба үктээн
Хаппыт тымтай курдук
Хампы тэпсиэ,
Орто дойдуттан
Көстүбэт бөҕө күтүрдэрэ
80 Күөдэлийэн кэллэхтэринэ,
Кур түү курдук
Курдурщаччы тэпсиэ диэн,
Истиэнэ курдук эрэнэн,
Туруук таас курдук толкуйдаан,
Таас хайа курдук санаан,
Кыһалҕаны билбэккэ,
Кутталы көрбөккө,
Ол курдук уу-чуумпу,
Үүт-тураан, үөрэ-көтө
90 Үмүөрүһэн олорбуттар эбит.
Үөһээ дойдуга
Өксөкү кыылым
Өрүкүйэр көмөгөйүн түүтүн
Үрэйэ-сарайа
Туппут курдук,
Үрүҥ күдэрик былыт
Үрүт өртүнэн,
Үтүө малым
Үөлэһин үүтүнэн,
100 Өрүкүйэн көстөр
Үгүс сулус үрүттээх,
Элбэх сулус эркиннээх,
Чаппа сулус дьайыҥнаах,
Саха урааҥхай
Санаата тиийбэтэх,
Саппахтаах сатыы
Маҥан халлааным
Саталаах таһаатыгар,
Үлүскэннээх үргүөрдээх
ИО Үрүт мындаатыгар,
Өһүөннээх санаалаах,
Өһөс өйдөөх
- 7 -

