Page 13 - Неизвестное название
P. 13

Умса түһэ сытан
                  200 Утахпыт ханыар диэри
                       Уулуо этибит ди эн,
                       Сүлүһүннээх илбистээх,
                       Лүксүүр хара
                       Сүллүгэстэрин сүгэн,
                       Сутуллаах төрүөттээх
                       Дапсыыр хара батастарын
                       Таҥнары тайахтанан,
                       Өһөгөйдөөх өһүөннээх
                       Өлүү чупчурдан,
                  210 Өһөхтөөх үҥүүлэрин
                       Өрүтэ тутан,
                       Сүүллээх этиҥ курдук
                       Лүһүгүрүү сүүрэн,
                       Сааллар этиҥ курдук
                       Лаһыгырыы сааллан,
                       Киэҥ халлааны кэдэлдьитэн,
                       Үрдүк халлааны өдүлүннэрэн,
                       Суордаах суодуйа хаан
                       Суолларын устун
                  220 Togo суодуйан,
                       Саталаах-буурдалаах
                       Чаҥкыйа маҥаас
                       Аартыктарын устун,
                       Таҥнары сааллан,
                       Дапсылыһан киирэннэр,
                       Дьулусханнаах дьулуо
                       Маҥан халлаан
                       Суураллар соһуутугар,
                       Мөлдьөрүүннээх мөҕүөнүгэр,
                  230 Үмүрүйэр төбөтүгэр,
                       Өксөкүлээх дэбийэ
                       Хаан аартыкка
                       Өртүктэрин баһыгар диэри
                       Өҥөйөн туран,
                       Орто дойду диэки
                       Кыырай маҥан халлаан
                       Кыладыйар кырсыттан
                       Куба хараҕа дэлбэрийэр,
                       Куоҕас баһа быстар,
                  240 Кыыдааннаах сатанан
                       Кыһыгыраччы сыыҥтаан,
                                      - 10 -
   8   9   10   11   12   13   14   15   16   17   18