Page 8 - Неизвестное название
P. 8
АЛААТЫЫР АЛА ТУЙГУН
(Үһүс үйэтэ)
Олоҥхобут салгыытын
1 Уһатан-кэҥэтэн бардахха,
Оһуордаан-ойуулаан эттэххэ,
Уустукгаан-ситэрэн кэпсээтэххэ
Бу отут ургунньахтаах
Орто-туруу дьоҕул дойдум,
Улай дьэҥкэ киинигэр
Олохсуйан үөскээбит.
Киирбэт килбиэн
Маҥан күннээх,
1° Саппаҕырбат-өдбөөдүйбэт
Сандаар маҥан халлааннаах,
Үгүс мөҕүллүөлээх,
Элбэх хаҥыллыалаах,
Күн Тэгиэримэ эбэ хотун,
Килэдийэр киинигэр,
Дьогдойор саалыгар
Туналыйар ньууругар,
Туйгутуур уорҕатыгар,
Айыы хаан аймахтара,
20 Араан тыа саҕа
Арыаллаһан тураннар,
Күн өркөн уустара
Күөх ойуур курдук
Күөгэйэ мустан
Күдьүөрүһэн-сириэдиһэн,
- 5 -

