Page 472 - Неизвестное название
P. 472

13083 — Охчурҕа — очурга. Олоҥхоһут үксүгэр да “охчурҕа”
      диэн туттар эбит.
         13144 — Тыбыл ыйытан — соччо өйдөммөт: тылын ыйытан
      диэнтгэ чугас.
         13361 — Көһүҥэ — текскэ: көһүнэ.
         13387 — Үөгүлүү-үөгүлүү — үөҕүлүү-үөҕүлүү.
         13392 — Өйдөҥүтэ суохтук — өйдөппөккө, соһуччу.
         13575 — Харах-хаас — хаас-харах — аллитерация сокуонугар
      сөп түбэһиннэрэн паараласпыт тыллар миэстэлэрин атастаһыннар-
      быттар.
         13696 — Дьахтарданаарыгыт — текскэ: дьахтарданаары.
         13707 — Уоккутун уотаннатыам — уоккутун умуруоруом.
         14025 — Эриэкээн иҥиэттэн — суолтата өйдөммөт.
         14240—12241 — Айаны тардааххыный — сөптөөҕө: айаны
      тардаайаххыный, сырыыны бытаардаайаххыный.
         14583 — Суодуйдулар — текскэ: суолуйдулар.
         15110 — “Ол Хаадыат Мохсоҕол аҕата буоллаҕына” диэн текст
      ис хоһоонугар сөп түбэспэт этиини киллэрбэтибит.
         15631 — Иэйэксийдээх-дьоһуойдаах — Иэйэхситтээх-дьоһуойдаах
      — дьоһуой — суолтата биллибит, тыл дэгэтигэр туттуллубут быһыылаах.
         15727 — Мэнээк — текскэ: мэнээх.
         16035 — Биир сүллүгэс үүтүнэн уганнар — үксүгэр: биир иннэ
      үүтүнэн уганнар диэн этиллэр. Сүллүгэс — сүрдьүгэс диэн буолуон сөп.
         16812 — Барык-сорук — барык-сарык эбэтэр борук-сорук.
         16951 — Бойсуурун туппутунан — суолтатын кыайан быһаар-
      батыбыт.
         17367 — Сураҕым — текскэ: сураҕын.
         17531 — Кылас часкыыр — дьүүлэ-дьаабыта суох часкыйан
      эрэрдик хаһыы.
         17570 — Уллуҥнара — текскэ: уллуҥаҕын.
         17670 — Ыллын-ыллын ыһыахтанна суолтата биллибэт.
         17697 — Мөтгүөлээтэ — мөгүөлээтэ. Текскэ: н-г араастаһыыта
      үгүстүк көстөр.
         17867 — Өтүмэх—үтүмэх.
         17985 — Кэрэдэйдиэҥ дуо? — Кэрэдэйдэ, кэрэксээ диэн буолуон сөп.
         18202 — Хонугум — текскэ: хонугун.
         18369 — Баҕайыгынан — баҕайыгы, баҕадьы.
         18455 — Чыпчааллаах — текскэ: чыпчалаах — балык кутуругун
      саамай уһуктаах төбөтө.
         19024 — Моҕотох оҕо — муҥутан оҕо.
         19724 — Дьэлкитэн — дьалкытан.
         19727 — Сөн1 сүмэхтэрин дьөлкүтэн — суолтата өйдөммөт эбэтэр
      олоҥхону суруйааччылар сыыспыттар.
                                   - 473 -
   467   468   469   470   471   472   473   474   475   476   477