Page 468 - Неизвестное название
P. 468
Көбө-саба хаамсан,
Иэримэ дьиэни иччилээн,
Аан алаһаны араҥаччылаан,
Аал уоту оттон,
19940 Өрөҕөр көҕүллээҕи үмүөрүтэн,
Сыспай синэллээҕи сыһааҕырдан,
Ураа муостааҕы тоҕуорутан,
Атырдьах туйахтааҕы арыаллаан,
Иитэр сүөһүнү күрүөлээн,
Төрөтөр оҕону уйалаан,
Төрүүр төрүөҕү төлөһүтэн,
Кэнчээри ыччаты кэскиллээн,
Үйэ-саас тухары
Үс-саха төрдө буолан,
Үөскээн тэнийэн
19951 Олорбуттара эбитэ үһү.

