Page 467 - Неизвестное название
P. 467
Уруй-айхал буоллун!
Буойакаа! — диэтэ.
Онтон ыла
Кун айыы сиригэр
Көстүбэт бөҕө
Күтүрдээх үлүгэрдэрэ
Көстө-биллэ күөдэлиспэт,
19900 Айыы дойдутугар
Адьарай бөҕө
Амырыын адьырҕалара
Анаан-минээн адалыспат,
Илиэһэй бөҕө
Дьэллик дьиэлимэрдэрэ
Илэ-бодо илэччийбэт буолан,
Сир гиэнэ дириҥ сиксигинэн
Тимирэн саһан,
Анараа дойдулар
19910 Аҥылҕан аппаларынан
Ааһан-адалыһан,
Түмэн дойдулар
Түҥкэтэх үөдэннэринэн
Сөрүөстэн сүтэн,
Таан тардыыларынан
Саһан самнан,
Адьарай бөҕө биистэрэ,
Абааһы аймахтара
Харахха көстүбэккэ,
19920 Кулгаахха иһиллэринэн,
Айахха ааттанарынан,
Уоска этиллэринэн,
Ойууҥҥа туойулларынан,
Удаҕаҥҥа алҕанарынан,
Мэнэриккэ эрэ биллэр гына,
Мэлийэн сүтэн барбыттар эбит.
Онтон ыла
Айыҥат хаан аймахтара,
Айыы хаан сиэннэрэ,
19930 Кун өркөн уустара
Күннэрэ тахсан,
Күөрэгэйдэрэ ыллаан,
Көҥүл-босхо күлэн-оонньоон,
Көрүлээн-нарылаан,
Күө-дьаа кэпсэтэн,
- 468 -

