Page 177 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 177

ЫҺЫАХ  ЫРЫАТА

                      Күндээрэр  күөх  халлаан
                      Күнүн  уота  чаҕылыйда,
                      Орто  туруу  бараан  дойду
                      Унаар  түптэтэ  күөдьүйдэ.
                      Күн  сирин  дьоно
                      Күөх  от  дэйбиирдэннэ,
                      Үүнэр  үтүө  норуот
                      Үкэр  күөх  үктэллэннэ.

                      Туой  буорбут
                      Торҕо  күөх  отугар
                      'Гуҥуйбут  уоһахтанна,
                      Аан  Ийэ  дойдубут
                      Ача  күөх  отугар
                      Аҕаммыт  этэттэннэ.

                      Сиэр  биэбит  үүтэ
                      Симэхтээх  сири  иһиккэ
                      Сирилэччи  сүүрдэ,
                      Көгөччөр  биэбит  үүтэ
                      Көҕүөр  айахха
                      Күрүлэччи  көөйнө.
                      Кэрдиис  дьэрэкээн  ойуулаах
                      Кэриэн  ымыйа  кэккэлээтэ,
                      Чопчу  көмүс  ойуулаах
                      Чороон  айах  чуоҕуйда,
                                171
   172   173   174   175   176   177   178   179   180   181   182