Page 178 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 178
Мандаар матаар ойуулаах
Матааччах иһит бааралаата,
Таҥалайдаах талахтаах
Далбар чабычах ханыылаата.
Күндээрэр киэҥ халлаан
Күлүмнээбитин туһугар,
Күрэҥ буор кырыс
Көҕөрбүтүн аатыгар —
Уйгулаах түһүлгэ олохтонно,
Эҕэрдэлээх ыһыах аһылынна.
Дьоллоох сааспыт тухары
Дьоһуннаһан-маанылаһан үөскээбит
Дьон-сэргэ тоҕуоруйан
Чороон иһиппитин көтөҕүөҕүҥ эрэ,
Күөх буорбут үрдүгэр
Күндүлэһэн-маанылаһан үөскээбит
Күн айыы дыоно көрсүһэн
Көйүү кымыстан көҕүрэтиэҕиҥ эрэ!
Эдэр ыччат мустан
Эһиэкэйдээн эйээрдин,
Оҕо-уруу мустан
Оһуокайдаан чугдаардын.
Сыыдам-быһый атахтаах
Сырсан сылыбырайдын,
Хатан иҥиир быччыҥнаах
Халбарыйан халарыктаатын.
Туойар-ыллыыр идэлээх
Томторҕолоох күөмэйин
Доллоҥното олордун;
Күөрэтэр-дшэрэтэр куоластаах
Көҥдөй көмүс күөмэйин
Көҥкөҥнөтө оонньоотун!
Уйгулаах ыһыахпыт
Уруйа улааттын,
Айхаллаах оонньуубут
Алгыһа дуорайдын!
172

