Page 246 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 246

Тиэтэтиэҕиҥ  эрэ,
                    Дириҥ  акылааты!
                    Үлэлэтэ  охсуоҕуҥ,
                    Үтүөкэн  стандияны!

                    Үрүҥ-хара  дьиэбит
                    Өһүөтүн  кини  көтеҕүө,
                    Төбүрүөннүүр  түөлбэбит
                    Түннүгүн  кини  сырдатыа!
                    Сир  солоон,
                    Силис  сыыйан,  -—
                    Сиспитин  көннөрүө,
                    Мае  эрбээн,
                    Чуурка  хайытан,  —
                    Оһохпутун  күөдьүтүе!
                    Тоҥу  уулларан,
                    Тостубуту  иһэрдэн,  —
                    Уһанан  ньиргийиэ,
                   Олоҕу  киэргэтиэ;
                    Аллааҕы  куоһаран,
                    Атаҕы  сынньатан,  —
                   Эриэккэс  массыынаны
                   Эргиччи  сүүрдүө.
                   Дьэ  эрэ,
                   Чобуо  хойгуом,
                    Чөной  эрэ,
                   Чокуллуо  буору
                   Тоҕута  күөргэллээн!
                   Дьэ  эрэ,
                   Ыстаал  эрбиим,
                   Ыллаа  эрэ,
                   Үөл  маһы
                   Үерэҕэстии  бысталаан!
                   Станциям  бүттэҕинэ
                   Ытыһым  чэрин  кыһыныам,
                   Элбэх  үлэҕэ
                   Этиҥ  күүһүн  көлүнүөм.
                   Хатан  хойгуобун
                   Харыырга  ханыылаан,
                    Килиин  сүгэбин
                                    2«
   241   242   243   244   245   246   247   248   249   250   251