Page 244 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 244

Хаҥыл  хойгуобунан
                    Хаһан  дапаны
                    Хаһыа  суох  курдук  туттарым.

                     Онтон  эмиэ,
                    Этим-хааным  сынньанан
                    Ирэн-хорен  кэллэхпинэ,  —
                     Кылаанныы  кыкырыйан,
                    Уһуктуу  буруустаан,
                    Ааттаах  хойгуобуттан
                    Аламай  күн  анныгар
                    Арахсыа  еуох  курдук  буолары

                     Ол  курдук,
                    Сойуо  тумустаах
                    Ооҕотох  хойгуобунан
                    Тоҥ  ньыгыл  буору
                    Тобулу  күөргэллээн,
                    Хара  кылааннаах
                    Хатан  сүгэбинэн
                    Суон  чиргэл  маһы
                    Сулуйа  тэлэ  суорҕаннаан,
                    Ыраас  тиистээх
                    Ыстаал  эрбиибин
                    Эттээх  мае  иэнигэр
                    Эйээрдэ  ыллатан,
                    Үөскээбит  үрдүк  кырдалбын
                    Үс  мае  бүтэйдээбитим,
                    Туойбут-доҕуйбут  толооммун
                    Туруору  дьиэлээбитим.

                    Аларым  иһнгэр
                    Арылхай  саҥаны
                    Артыалынан  элбэппитим,
                    Хонуум  саҕатыгар
                    Куораттыы  дьиэни
                    Колхоһунан  хойуннарбытым...
                    Бу  бүгүҥҥү  үтүө  күн
                    Буору  ессе  дириҥник  хаһаары,
                    Бөһүөлэк  хоту  уһугар,
                    Чөҥерө  күөл  чугаһыгар,
                    Уһуктаах  хатан  хойгуолаах,
                    Оҥостон  кэлэн  турабын.
                                    238
   239   240   241   242   243   244   245   246   247   248   249