Page 321 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 321

Д Ь Э ,   Ы Л Л А А Н   Д Ь И Э Р Э Т И Ҥ !

                  Кыргыттар,  уолаттар,
                  Дьэ,  ыллаан  дьиэрэтиҥ!
                  Сайаҕас  ырыанан
                  Сүрэҕи  эймэтиҥ!
                   Ырыанан  уһуктар
                   Биһиги  дойдубут,
                  Ырыанан  хардыылыыр
                   Биһиги  норуоппут.

                   Ырыанан  ньирилиир
                   Эргэнэ  хара  тыа,
                  Ырыаны  иһиллиир
                  Киэҥ  байҕал  эҥэрэ.

                   Кыргыттар,  уолаттар,
                  Дьэ,  ыллаан  дьиэрэтиҥ!
                  Сайаҕас  ырыанан
                  Сүрэҕи  эймэтиҥ!

                                                    1959  с.













                                   315
   316   317   318   319   320   321   322   323   324   325   326