Page 317 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 317
Үлүйдэххэ ириэрэрэ
Үчүгэйгэ дылы этэ...
Оннооҕор кэрэни буллум,
Сылайбат, үлүйбэт буоллум.
Таптал ыраахтан сылытар,
Тардар, ыҥырар, долгутар...
Хайыһарым, дьурулаа
Халыҥ хаары хайа тыыран,
Тымныы чысхаан, сырдырҕаа
Тыалынан-кууһунан сэтэрэн,
Үлүйбэппин, утаппаппын,
Үөрэбин, сылай'баппын;
Сүүһүнэн көстөөх сиртэн
Сүрэҕим үөрэр киниттэн...»
Будулҕаннаах, кыһыҥҥы тымныы күҥҥэ
Буччугунаас Уйбаан биир дүлүҥҥэ
Ииссибит туһаҕы бэрийэ олорон,
Ити курдук ыллаабытын истибитим,
Өрдөөҥү мин эдэрбин хоһуйан,
Үчүгэйдик да ыллыыр дии санаабытым...
Өйдүүбүн,
Өрүү өйдүүбүн, —
— Косилкабынан кырылатан
Хойуу оту тэлэн сырылатан
Колхоз хочотун туорадтахпына, —
— Туой өрө тыынарбын,
Тугу эрэ суохтуурбун...
Өйдүүбун,
Өрүү өйдүүбүн, —
Көр-нар аһыллан,
Күүрүүлээх музыка эйээрэн
Күүскэ үөрдэхпннэ,
— Туой өрө тыынарбын,
Тугу эрэ суохтуурбун...
Өйдүүбүн,
Өрүү өйдүүбүн, —
Үөлээннээхпин кытары
311

