Page 327 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 327
Т О Р Ҕ О К Ү Ө Х Д О Й Д У Г А
Торҕо күөх дойдуга
Тулааһын буоллун диэн,
Киэҥ Ийэ дойдубут
Кэскилэ буоллун диэн —
Балысхан баай нефтээх
Бакуну айыахпыт;
Туолб&ттан бензини
Турбанан сүүрдүөхпүт.
Торҕо күөх дойдуга
Тулааһын буоллун диэн,
Киэҥ Ийэ дойдубут
Киэргэлэ буоллун диэн —
Алтаны, алмааһы
Алларан ылыахпыт,
Сомоҕо кемүһү,
Ыас курдук эллиэхпит!
Торҕо күөх дойдуга
Тулааһын буоллун диэн,
Советскай норуоппут
Симэҕэ буоллун диэн —
Үс күннээх саһылы
Үөскэтэ туруохпут,
Кылааннаах кырсаны
Кыһанан бултуохпут!
1939 с.
-1 Сергей Василье

