Page 332 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 332
КЫЛ БАҺЫЙАР КЫРААН УУТА
I
Икки атахтаах илиитинэн
Иһэрдиллэн оҥоһуллубут,
Киһи барахеан күүһүнэн
Килбэччи аалыллыбыт,
Тимир турба устун
Дириҥ буор түгэҕиттэн,
Сир тымырын уута,
Сирдьигинээн үөһэ тэптшг,
Кыллыгырас кыраан уута,
Кылбаһыйан, өрө тыктыҥ...
Хас мөлүйүөн сыл буолла,
Хара быар курдук,
Хам тонгмут,
Халыҥ буор анныгар
Хаайтаран сыппытыҥ?
Төһө мөлүгйүөн сыл буолла,
Чөлө суох,
Дөйө тоҥмут,
Дьүлэй буор анныгар
Түһэн сыппытыҥ?
326

