Page 337 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 337
Хантаччы тараанан баран,
Хатан ыстаал ыллык устун,
Хаһыытыы-хаһыытыы сындылыйан,
Тэтимнээх тимир көлө
Гилигирээн ТИИЙЭН КЭЛИЭҔЭ.
Кини
Эн сөрүүн уугуттан уймахтаан,
Эрчимэ эбиллэн ЭҤСЭЛИЙИЭ,
Суһала муҥутаан сунд|улуйуо'.
Оннук тимир көлөлөр,
Уйаара-кэйээрэ биллибэт
Урааҥхай Саха сиригэр
Утуор-маҥаар сүүрдэхтэринэ:
Киис кыыл биирдэ эмэ
Кэтэнэн кирийэн ааспыт
Кэтит-нэлиэн сыһыыларыгар
Килиэ таас түннүктэрдээх
Кэккэ дьиэлэр өссө элбиэхтэрэ.
Хомурах хаар эрэ
Хонон тохгоон ааспыт
Хонуу үрдүк кырдалларыгар
Хороҕор уһун турбалардаах
Куораттар туран сандаарыахтара.
Оччоҕо дуо, доҕоор?!
Оччоҕо, бу Дьоиуускай муорат —
Суураллыбат сураа таас сирэйдээх
СоҕУРУУ Ь1тык хайаттан
Кубулуйбат кубаҕай таас эркиннээх
Хоту Ытык хараҕа дылы усталаныа;
Эриллэр дохсун сүүрүктээх
Элиэнэ эбэ биэрэгиттэн,
Долгуйар күөх нуоҕай мутукчалаах
Чочур Мураан тыатыгар дылы
туораланыа.
Кини килэрийэр киининэн
Килиэ-халаа бэйэлээх
Киэҥ уулуссалар
Кэккэлии дүһэн барыахтара.
Үҥкүүлээбитинэн тиийэн кэлэр,
Үгүс массыыналар онно элбиэхтэрэ,
331

