Page 334 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 334

Эмпэрэ  туой  эркиниҥ
               Ибилиттэн  түспүтэ  эбитэ  буолуо.

               Арай
               Ахса  биллибэт  үйэлэр  усталарыгар,
               Хамсыыр-харамай
               Хара  хаана  халыйан  киирэн,
               Халыҥ  буор  суорҕаҥҥар
               Халталаһа  хам  тоҥон,
               Ыйааһыннаах  баттыккын
               Ыараппыта  эбитэ  буолуо;
               Үрдүк  айыылаах
               Үүт  бүлтэһэ,
               Үрүҥ  оппуоха-  буолан
               Өтөн  киирэн,
               Үтүмэн  буор  үллүккүн
               Үрдэппитэ  эбитэ  буолуо...
                                                 I
               Ол  бэйэҥ,
               Бу  бүгүн
               Күн  чаҕыл  сиригэр,
               Көнө  тимир  турбаларынан
               Күлэн-үөрэн  тахеаҥҥын,
               Күлүмүрдүү  тыктыҥ.
               Аан  дойдуга,
               Аалыылаах  алтан  кырааннарынан
               Барҕаран-дэбилийэн  тахсаҥҥыи,
               Бадылыйа  сүүрдүҥ.
               Эн  өрө  тэбэр
               Эрчимнээх  К|үүскүттэн
               ЬГстаал  уһаат  эркинэ
               Ыллыыр  курдук  лиҥкинээтэ,
               Көҥдөй  т|у|рба  күөмэйэ,
               Күлэр  курдук  күлл|үгүрээтэ.

               Балаһа  тимир  турба  үүтүнэн
               Бантаан  курдук  ыһа  тыгар
               Барылас  «ардаҕыҥ»  эҥэригэр
               Күн  чаҕылын  күлүм?
               Курдуу  түһэн,
               К)устук өҥүнзн  оонньотолуур,
               Дьиэ  эркинин  мөрсүөнэ
                                    о28
   329   330   331   332   333   334   335   336   337   338   339