Page 333 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 333

Түһүүр  этиҥ  дуо,
             Төһө  эмэ  элбэх  сылынан
             Күлүмүрдэс  сырдык
             Күн  сирэ  баарын
             Көрүөм  буолуо  диэн?

             Билгэлиир  этиҥ  дуо,
             Биллибэт  үгүс  үйэнэн
             Халыан  күүспүн  көлүйэр
             Халыҥ  норуот  баарын
             Харахтыам  буолуо  диэн?

             Ол  бэйэҥ  бу  бүгүн
             Орто  дойдуга  тахсан  —
             Дьокуускай  куорат
             Дьоллоох  туонатыгар,  '
             Кыраан  устун
             Кыллыгырыы  сүүрдүҥ,
             Уһаат  ахсын
             Омуннаахтык  бадылыйдыҥ.

                           II

             Ийэ  буор  анныгар
             Элбэх  үйэлэр  усталарыгар
             Эпсэри  баттанан
             Иһийэ  сыппытыҥ;
             Кыргыһыы  даҕаны  кэмнэригэр
             Кыланары  истибэтэҕиҥ,
             Дибдиргэннээх  даҕаны  күннэргэ
             Тиҥилэх  тыаһын  билбэтэҕиҥ;
             Утаппыт-суоспут
             Уоһун  да  илиппэтэҕиҥ,
             Ааспыт-туорбут
             Айаҕын  да  аралдьыппатаҕыҥ...
             Арай,
             Аан  дойдуга  буолан  ааспыт,
             Түгэн  муус  үйэлэригэр
             Төбөҥ  оройо
             Дөйө  тоҥмута  эбитэ  буолуо;
             Итии  ириэһин  үйэлэригэр
                                   327
   328   329   330   331   332   333   334   335   336   337   338