Page 400 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 400

Ый  быыһа  хараҥаҕа
                    Үс-түөрт  киһилээх
                    Үөмэ-үөмэ  сүлүкүччүйэн  ааспыта».
                    Ити  курлук
                    Элбэҕи  өйдөөн  элэгэлдьиттэ,
                    Эргим-ургум  көрдө,
                    Эмиэ  ытамньыйан  бөттө.
                    Онтон,  эмискэ,
                    Хараҕа  уоттанна,
                    Хаана  быһытталанна.
                    Илиитэ  салҕалаата,
                    Иһин  түгэҕиттэн  аҕылаата.

                    Уу-чууипу  —
                             туох  да  иһиллибэт.
                    Сиик,  туман  —
                            туох  да  кестүбэт.
                    Сүөдэр
                    Сөһүргэстии  түстэ,
                    Серүү  тутукна,
                    Хантайда,  ньылайда,
                    Хатырыгы  сэҥийэтинэн  таҕайда.
                    Үксү  үлүгүнэйлэ,
                    Бокуойа  суох  ботугураата.

                    Туран,
                    Атын  сиэлиттэн  ылан
                    Ачаах  мутукка  баайталаата,
                    Сс-нун  сиэбин  көҥү  тардан  ылан
                    Суулуу-суулуу. дьабаа  иһигэр
                                             симитэлээтэ.
                    «...Эн  биһиги  манна
                    Иккиэйэх  этибит.
                    Симилэхтэн  сник  оборон
                   Силистэнэн  силигилээбиппит.
                   Лаабыттан  тамах  тардан
                   Лабааланан  лаглайбыппыт.

                   Ону,
                   Сиик  кьтамаайыта  түһэн
                   Силиспитин  кирэн  эрэр;
                   От  үөнэ  мустан
                                    ЗЭ1
   395   396   397   398   399   400   401   402   403   404   405