Page 96 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 96
Хайытыһар,
Хатан уҥуоҕу
Тоһутуһар,
Күрсүүлээх күчүмэҕэй күнүм
Күөйэн-тиийэн кэллэ,
Күндү көмүс доҕоччугуом,
Күөх биилээх кылыһыам!
Чэй эрэ,
Үтүө үйэбит көмүскэлигэр,
Үөскүүр ыччаппыт туһугар,
Кыырай маҥан халлаан
Кырыытын аннынан
Кылбааран таҕыс эрэ!
Чэй эрэ,
Зйигин тоһутан
Уһуккун уокка быраҕаары,
Ортоҕунан уллуҥаҕын кыһынаары,
Уоран түспүт ороспуойу
Оройун сиигинэн,
Хардаҕас мастыы,
Хайа охоон,
Хаанын бүрүнэн таҕыс эрэ!
Чэй эрэ,
Норуоккун муннуттан сиэтээри,
Ньохчоҕор-бөкчөгөр систээри,
Сааланан-саадахтанан
Сабардаан кэлбит
Хаанымсах фашистары,
Хаба-ортолорунан
Хараҕалыы анньаҥҥын,
Сытыы бишг устун
Сылаас хааннарын
Сыккырат эрэ, доҕоруом!
Суубургуу-суубургуу,
Субай хааннарынан
Суунаҕалан эрэ, кылыһыам!..
I
Чэй эрэ,
Анараа дойдуларга
Ааһа түһэҥҥин,
Айыы аймаҕын
90

