Page 95 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 95
Өстөөх субай хаанын
Үөһүн устун
6>рө ыстын — диэн,
Өҥөйөн көрө-көрө,
Үс хос үөстээбитим.
Хахай уоҕун курдук,
Хаҥыл буоллун — диэн,
Хаҥалас хайатьш
Хаарын уутунан хатарбытым;
Хотой санаатын курдук,
Хотуулаах буоллун — диэн,
Хотун Ленам
Хойуу уутугар хоннорбутум,
"'Сүлүһүннээх буоллун — диэн,
Сүүһүм көлөһүн,үнэн соппутум, -
Имэҥнээх буоллун — диэн,
Эрбэҕим хаанынан иһэрпитим.
Айан суолугар
Атыыр оҕустуу айаатаан,
Аар-саарга тарҕанар
Албан ааттаннын — диэн,
Алданым көмүһүнэн
Аарык иилэҕэс быалаабытым.
Торҕо биитин туналын
Туундара, үрүйэ дойду
Туманын сиигэ даҕаны
Толбонуппатын — диэн,
Алтаным ууһунан
Адаар ойуулатан,
Артыалым кыыһынан
Айгырастаах аҕырыалатан,
Туймаада эбэм чараҥын
Туоһунан кыыннаабытым.
Чэй эрэ, сэгэрим,
Чэй эрэ, кылыһым!
Уол оҕо буоламмын
Олох-дьаһах туһугар
Уруй-туску былдьаһан —
Халыҥ тириини
89

