Page 100 - Сергей Васильев. Хоһооннор, поэмалар
P. 100
И Й Э А Л Г Ы Һ А
Хараҕалаах халыҥ тааспар
хаххалаан,.
Хайҕахтаах хара быарбар
ханыылаан,
Толугуруур тойон сүрэхпэр
доҕордоон,
Томтойор тоҕус ыйгын
толорбутум...
Иһим иһигэр
эрдэххиттэн —
Убаҕас бутугаһынан
угуттаабытым,
Иҥиир этинэн
эрчийбитим,
Харыалаах лэппиэокэнэн
хатарбытым...
Тоҕус ыйыҥ туолуутугар
Лобун талыы доҕордонон,
Лйан талыы аргыстанан,
Хаҥас орон иннигэр
Хардан от үрдүгэр
т өбөҕүнэн түһэн
Төкүнүйэ СЫ1Ш ЫТЫҤ...
Эрдэттэн эрэйгэ эрчиллэн,
Эрдээх буоллун диэбиттии,
Тобурах хаарым уутунан
Туос чабычахха сайҕаабытым,
Келөһүннээх ытыспынан
Көхсүгүн имэрийбитим,
94

