Page 39 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 39

Мин  хайам
                 Уутугар  хатыыстаах,
                 Мае  турар  балыктаах.
                  Мин  хайам
                  Бэрт  элбэх  бэнсииннзэх
                  Дип-дириҥ  ньиэптэрдээх.

                  Мин  хайам
                  Дьапталҕа  ардайдаах
                  Хара  таас  көмөрдөөх.
                  Мин  хайам
                  Аҕыс  хос  кырыылаах
                  С0М050  көмүстээх.
                  Мин  хайам
                  Килэккий  бэйэлээх
                  Мыраамар  таастардаах.
                  Мин  хайам
                  Тулааһын  мастардаах
                  Бэрт  үгүс  шахталаах.
                  Мин  хайам
                  Долгуйар  хочолоох
                  Томтойор  быардардаах.

                  Мин  хайам
                  Уот  кыһыл  былаахтаах
                  Этээстээх  дьиэлэрдээх.

                  Мин  хайам
                   Суон  хара  турбалаах
                   Чугууннай  собуоттаах.

                   Мин  хайам
                   Илиитэ  тиэриилээх
                   Үлэһит  ыччаттаах.
      о  Заказ  №  23С      33
   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43   44