Page 79 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 79
«Ыстаал хомуспут тылын
Ылбаҕайдык охсуоҕуҥ!»— диэн
Ыҥырдаҕым буоллун!
1945 с.
ЫҺЫАХ ЫРЫАТА
Күндээрэр күөх халлаан
Күнүн уота чаҕылыйда,
Орто туруу бараан дойду
Унаар түптэтэ күөдьүйдэ.
Күн сирин дьоно
Күөх от дэйбиирдэннэ,
Үүнэр үтүө норуот
Үкэр күөх үктэллэннэ.
Туой буорбут
Торҕо күөх отугар
Туҥуйбут уоһахтанна,
Аан Ийэ дойдубут
Ача күөх отугар
Аҕаммыт этэттэннэ.
Сиэр биэбит үүтэ
Симэхтээх сири иһиккэ
Сирилэччи сүүрдэ,
Көгөччөр биэбит үүтэ
Көҕүөр айахха
Күрүлэччи көөйнө.
Кэрдиис дьэрэкээн ойуулаах
Кэриэн ымыйа кэккэлээтэ,
Чопчу көмүс ойуулаах
Чороон айах чуодуйда,
Мандаар матаар ойуулаах
Матааччах иһит бааралаата,
3 Заказ /А 236 65

