Page 80 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 80
Таҥалайдйах талахтааХ
Далбар чабычах ханыылаата,
Күндээрэр Киэҥ халлаан
Күлүмнээбитин туһугар,
Күрэҥ буор кырыс
Кө5врбүтүн аатыгар —
Уйгулаах түһүлгэ олохтонно,
Эҕэрдэлээх ыһыах ыһылынна.
Дьоллоох сааспыт тухары
Дьоһуннаһан-маанылаһан үөскээбит
Дьон-сэргэ торуоруйан
Чороон иһиппитин көтөҕүөҕүҥ эрэ,
Күөх буорбут үрдүгэр
Күндүлэһэн-маанылаһан үөскээбит
Күн айыы дьоно көрсүһэн
Көйүү кымыстан көҕүрэтиэ5иҥ эрэ!
Эдэр ыччат мустан
Зһиэкэйдээн эйээрдин,
Оҕо-уруу мустан
Оһуокайдаан чугдаардын.
Сыыдам-быһый агахтаах
Сырсан сылыбырайдын,
Хатам иҥиир былчыҥнаах
Халбарыйан халарыктаатын.
Туойар-ыллыыр идэлээх
Томторҕолоох күөмэйин
Доллоҥното олордун;
Күөрэтэр-дьиэрэтэр куоластаах
Көҥдөй көмүс күөмэйин
Көҥкөҥнөтө оонньоотун!
Уйгулаах ыһыахпыт
Уруйа улааттын,
Айхаллаах оонньуубут
66

