Page 89 - Сергей Васильев. Өлбөт өрөгөй
P. 89

Оонньуурда  аҕалаар  диэбитэ,
                 Кэргэним  биирдэ,  киэһэ,
                 Кичэйэн  эмиэ  ону  эппитэ.
                 Кэрэтиэн  көрүөххэ
                 Кинилэр  үөрэллэрин,
                 Күндутүөн  саныахха
                 Көҕүһэн  оҕолор  үөрэнэллэрин.

                 Оҕо-ыччат  туһугар
                 Ойуулаах  кинигэ  буоллун  диэн,
                 Бар  дьонум  иннигэр
                 Фабрика,  завод  буоллун  диэн,
                 Эбии  сурутабын,  көрдөөн,
                 Икки  сиэптэн  ирдээн,
                 Бу  биэс  уоннуулааҕы,
                 Бу  биирдии  мөһөөктөөҕү.
                 Англия,  Америка  дойдутугар
                 Алдьархай  ааҥнаан,  бар  дьон
                                      тууйулунна,
                 Квҥүл  санаа  күлүүстэннэ,
                 Күн  уота  күлүктэннэ.

                 Ону  утары  ох  тылым
                 Уоттаах  чаҕылҕан  буоллун  диэн,
                 Кэрэҕэ,  дьолго,  эйэҕэ  ыҥырыым
                 Кинигэнэн,  хаһыатынан  тиийдин диэн
                 Эбии  сурутабын,  көрдөһөн,
                 Ис  сүрэхтэн  баҕаран!
                 Мин  бу  солкуобайым  дьулустун,
                 Миллиардер  истэригэр  турустун!
                 Кинини  мин  умналаан  булбатаҕым,
                 К и Ни ни  албыннаан  ылбатаҕым,
                 Үтүө  сыралаах  көлөһүммэр,
                 Үөрдэн,  киирбитэ  илиибэр.
                            75
   84   85   86   87   88   89   90   91   92   93   94