Page 37 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 37
ХАЛ ЛААН ДОҔОРДООХ
П О ЭТ КЫ Ы ҺЫ НАН
Наталья Харлампьеваҕа
Төһө да саллаат синиэлин кэттэрбин,
Саллаат олоҕунан тыыннанан
сырыттарбын -
Тоҕо эрэ ырааҕынан тумналлар
Мин иэйиибин армейскай хоһооннор.
Түүҥҥү тревогаларынан турабын
Прожектор уотунан аэродромнары
сырдата,
Тулалыыр ньиргиэрдиин алгыы
хаалабын
Түргэн истребителлэри көтүтэ,
Дохсун авиация мин поэзиябар киирдэ -
Халлаан өҥө дэлэгэйин сөхтүм,
Ол иһин "Аэроплан" айылыннаҕа -
Халлаан доҕордоох поэт кыыһынан...
12.03.78. Ефремов.
35

