Page 38 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 38

С)          £ ^ 2 X ^ 9                 ( 1 у £ < х

                       СА А СК Ы  АЙЫ ЛҔА
                   уьуктАР ЭРЧ И М И Н ЭН

                    Сааскы  айылҕа  уһуктар эрчиминэн,
                    Сэргэх  ырыалаах  чыычаахтар
                                            уруйдарынан  -
                    Олох уохтаах  кымыһынан туолбут
                    Ураты,
                    Уран  чорооннуу хоһоону,  ийээ,
                    Эн тускунан  суруйуохпун  баҕардым.

                    Саргылаах сахам тылынан,
                   Төрүт тылым  итии  иэйиитинэн  -
                    Бары  кэрэни дьүрүскэн тойугунан
                    Хоһуйар,  хатан  хомустуу,  ийээ,
                    Эн тускунан  суруйуохпун  баҕардым.

                   Алта  уолуҥ,  үс  кыыһыҥ тапталларынан,
                   Аҕам  тыыннаах  кэриэһинэн  -
                    Көмүлүөк  күүдэпчилэнэр сырдыгыныы
                   Сылаас,
                    Иһирэх  хоһоону,  ийээ,
                   Эн тускунан  суруйуохпун  баҕардым.
                    1 — 12.03.78.  Ефремов.























        36
   33   34   35   36   37   38   39   40   41   42   43