Page 33 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 33
^
КЫ ТАЛЫ КТАР ҮҤ КҮҮЛЭРЭ
БААРЫ Н ТуХАРЫ
Санааны сайар сахам тылыгар -
Кыталыктар үҥкүүлэрэ,
Күөрэгэйдэр тойуктара баарын тухары,
Сайыҥҥы сыралҕаны сөрүүргэтэ
Сэмэй самыыр ибирдиирин,
Төрөөбүт Мүрүбүн кылбаарда
Кыстык хаара түһэрин тухары,
Ийэлээх аҕаҕа истиҥ махтал,
Омуннаах оҕо сааска
Ахтылҕан уота кыыһарын тухары,
Дьон олоҕо мэлдьитин - тапталы,
Саргылаах Сахам сиригэр ытыктабылы
Өрө туталларын тухары,
Мин сүрэхпэр баар буолуоҥ Эн, -
Маннык иһирэх майгылаах,
Маннык күүс алыптаах,
Маннык эдэр көрүҥнээх,
Маннык нарын бэйэлээх
Мин бастакы тапталым.
1974 сыл.

