Page 45 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 45

1Э^^Х5^

                        ЭН  АТТЫГАР

                 Эн  аттыгар туруум да  -
                 Айылҕа  саамай  кэрэ сибэккитин
                 Дыргыл  сытынан тыынар  курдукпун,
                 Эйигинниин  кэпсэтиим да  -
                 Оо,  бу  Күн  сир үрдүгэр
                 Ама  баар буолуо дуу,
                 Мин  курдук толору дьоллоох...
                 Өскөтүн  эн  көҥүллээн  -
                 Илиигин туттарарыҥ буоллар,
                 Арылы  халлааҥҥа
                 Үйэлэргэ сүппэт сулустуу
                 Умайыам  этэ  -
                 Эйигин  эрэ  көрөөрү,
                 Эйигин  эрэ таптаары,
                 Эйигин  эрэ туойаары...

                 19.09.81.  Соболоох,  Муома.
































                                                            43
   40   41   42   43   44   45   46   47   48   49   50