Page 49 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 49

ИЙЭБЭР

                Атаҕым  сири  билбэт буола  -
                Кынаттаах  курдук уйдаран
                Улаханнык үөрэн  кэллэхпинэ,
                Олох олоруу  кэрэтин
                Эт-хааммынан  биллэхпинэ,
                Суруйбут хоһоонум  хаһыакка
                Күн  сырдыгын  көрдөҕүнэ  -
                Миигинниин  ийэм  үөрсэр,
                Үөрүүбүн тутум  үрдэтэр...
                Былыттаах  халлаанныы
                Санаам  саппаҕыран,
                Ас да  киирбэт,  уум да  кэлбэт
                Чэки-курус  киэһэлэрбэр  -
                Ийэм  эрэ  миигин  өйдүүр,
                Кини  саҥата  суох  -
                Санаабын  аралдьытар,
                Үлэлээн  букунайа  -
                Дууһабын  уоскутар,
                Тапталынан,  итэҕэлинэн  -
                Сүрэхпэр эрэли  угар.

                От  ыйын  24  күнэ,  1982  сыл.

























                                                           47
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54