Page 50 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 50
КЫРГЫТТАР - ТААБЫ РЫ ННАР
Дьэ, кырдьык,
кыргыттар - таабырыннар...
айылҕа ийэттэн
айыллыбыт курдуктар
уолаттар сүрэхтэрин уматарга
уонна утуппакка сордуурга,
ытатан баран чугаһатарга...
Дьэ, кырдьык,
кыргыттар - таабырыннар...
эрэннэрэн баран кэлбэттэр,
сүтэллэр - бэйэлэринэн булаллар,
сорох ардыгар таптаталлар,
таптата олорон
кыыһыран тымталлар,
туох да буолбатаҕыныы
сарсыныгар
туттуохтара, ол быыһыгар:
"Таптыыбын..." - диэн көрдөһүөхтэрэ.
Дьэ, кырдьык,
кыргыттар - таабырыннар...
Таабырыннар буоланнар
Таҥаралар курдуктар.
04.08.82.
48

