Page 56 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 56
илиигин уурууй ИЛИИБЭР
Илиигин уурууй илиибэр,
Иэдэскин даҕайыый түөспэр -
Эн олоххун мин кэпсиэм,
Бар дьоммор сэһэргиэм.
Мин сүрэхпин истиий,
Дууһам этэрин сэҥээриий -
Алаас курдук ырыалар,
Алгыстаах санаалар.
Саҥата суох олорор
Үчүгэйиэн, кэрэтиэн -
Бу курдук олох олорор
Дьэ, ураты дьиктитиэн!
21.01.83.
54

