Page 61 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 61
СҮРЭҔИМ ТЭБИИТИН АНЫ Ы БЫ Н
(ырыа)
Чуумпуга соҕотох олорон,
Доҕоруом, эйигин саныыбын.
Ааспыты эргитэн, оҥорон -
Бу баардыы көрөбүн тапталбын.
Аан бастаан көрсүбүт күммүтүн,
Эйигин сөбүлүү көрбүппүн.
Чаҕыл күн килбиктик мичээрэр,
Сиккиэр тыал сэмэйдик сипсийэр:
- Эн тоҕо умуннуҥ тапталгын,
Сатаатар эҕэрдэ ыыппаккын?
Эҕэрдэ ыытабын тыалынан -
Эйиэхэ түргэнник тиийиэхтин!
Умнуом дуо, доҕорбун, тапталбын
Олоҕум устата тыыннаахпар,
Сүрэҕим тэбиитин аныыбын
Доҕорум ыарахан чааһыгар.
Сүрэҕим сүрэххэр этиэхтин:
"Кэрэтик, уһуннук олор", - диэн.
06.03.84.
59

