Page 66 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 66
миэхэ эн олус ЧуГАСКЫН
(ырыа)
Кэргэммэр Зояҕа
Ханна да сылдьаммын саныыбын
Нарыннык, намчытык ахтабын,
Миэхэҕэ эн олус чугаскын -
Мин эппэр, мин хааммар эн бааргын.
Ол иһин, дууһалыын сырдааммын
Махталым бастыҥын аныыбын,
Сүрэҕим сүрэххэр этиэхтин
Бары баар тыллартан кэрэтин.
Ардыгар, ыраата сылдьаммын
Суохтуубун - мичээрэ көрүүгүн,
Кыракый кыысчааным саҥатын -
Миэхэҕэ эн биэрбит үөрүүгүн.
Оҕоттон дьоллонуу диэн тугун
Биллэҕим аайытын олуһун,
Миэхэҕэ эн тутум үрдүүгүн,
Төлөммөт иэстээхпин өйдүүбүн.
Хонуктар, сыллар да усталлар -
Эн биһи кырдьыыны кыйдыыбыт,
Өрүүтүн эн бааргын санаабар -
Өйдөспөт буолууну тумнабыт.
01.03.93.
64

