Page 83 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 83

ЭН  БААР БуОЛАҤ Ҥ Ы Н

                Түһүүлээх-тахсыылаах
                бутуллар  олохпор,
                мунар-тэнэр,
                өйдөнөр-өйдөммөт күннэрбэр,
                Дууһам  былытынан
                бүрүллэр  кэмигэр,
                бар дьоммуттан
                сэмэлэнэр да  чааспар -
                Эн эрэ,
                Эрэллээх доҕор буолаҥҥын  -
                өйгүнэн-санааҕынан
                үрдүккэ  кынаттаатыҥ,
                миигин  өйдүүр сүрэххинэн
                 кэрэ өйдөбүлүн  уһугуннардыҥ.
                Таптал  кутаатын
                сыралҕанын  биллэрдиҥ,
                оҕолоох  ыал  аатырыы
                үлүскэн  үөрүүтүнэн
                дьоллоотуҥ!
                 Саха дьахтарын
                 муҥурун  булларбат
                 сүдү  күүһүн
                 Эйигиттэн  биллим,
                 Олох  ыарахаттарыгар бэриммэт
                 ураты тулуурун,
                 үтүө дьулуурун
                 Эйигиттэн  көрдүм...
                 Эн  баар буолаҥҥын  -
                 олоххо  күүстээхтик
                 тардыстым,
                 уһуннук олоруохпун
                 баҕардым.

                 2015  сыл.







                                                            81
     6-45
   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87   88