Page 80 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 80
У е ^ Я С?УУУУ РУ У У З. ^УУхУх ОУсХ^Х (?У£У,
СЫ РДЫ К Д А иэйиилээх
ТАПТАЛБЫ Т
Таптыыбын диэн эппит кэммиттэн
Сыл-хонук аастаҕа түргэнин,
Барыта харахпар элэҥнээн
Бу баардыы көстөрө кэрэтин.
Ол кэмҥэ элбэхтэ саныырым,
Эйигин күүскэтик ахтарым,
Эйэҕэс майгыгын суохтуурум,
Аттыбар кэлиэххин күүтэрим.
Кыһыҥҥы туманнаах киэһэҕэ
Тоҥору билбэккэ хаамсарбыт,
Сып-сылаас буолара биһиэхэ
Сырдык да иэйиилээх тапталбыт.
Билигин үс оҕом ийэтин
Долгуйа көрөрбүн билэҕин,
Дууһалыын ып-ыраас бэйэҕин
Сүрэҕим таптаата мэлдьитин.
2000 сыл.
78

