Page 81 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 81

О У л Х 0^ < й

                    ЭРЭЛ Л ЭЭХ ДОҔОР
                  БуОЛАРЫ М  ТуХАРЫ

                Күндэлэс  күҥҥэ тэҥнээн
                ыраас дууһаҕар
                бэриниилээхтик тардыстар
                күүстээх тапталбын
                күһүҥҥү хаһыҥнар
                хаһан да
                хаарыйыахтара  суоҕа...
                Кыһыҥҥы  бытархан тымныылар
                күннэтэ сытыы тыалынан
                кымньыыланан да  ыллаллар,
                иһэлитэ тоҥоруохтара  суоҕа
                иһирэх  майгыгар
                эппинэн-хааммынан
                сүгүрүйэр
                истиҥ,  сылаас тапталбын.

                Мин  эйигин таптыырым тухары,
                мин  Эйиэхэҕэ
                эрэллээх доҕор
                буоларым тухары  -
                Эн  биһи  үйэлээх Тапталбыт
                күлүмнүү  умайыа,
                Ыраахха  сыдьаайар  кыымынан
                ыһыахтанан  -
                оҕолорбут сүрэхтэрин
                инникигэ эрэлинэн
                ыҥыран  угуйуо.
                Ийэ-буор  куппут тыынынан
                сырдатан  -
                аттыларыгар сылдьарбытын
                санатыа...

                2010  сыл.  Томскай  к.






                                                           79
   76   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86