Page 82 - Иван Мигалкин Аныыбын иһирэх иэйиибин
P. 82

ЭН  С Э М Э Й  ААТЫ Ҥ  ААТТАНЫ А

                   Айылҕабыт барахсан
                   буоларын  курдук
                   уларытан  иһиэҕэ
                   дьыл түөрт кэмин  -
                   араас өҥүнэн  симээн.
                   Алтан  сэбирдэҕинэн  кыыдамнанар
                   көмүс күһүммүт -
                   ахтылҕан  курус иэйиилээх
                   ууламмыт хараҕынан
                   сайыһа  хаалыаҕа...
                   Будулуйар туманынан
                   бүрүллэр  кыһыммыт -
                   сандаарыччы  үөрэр
                   сааскы  чаҕылынан
                   солбуллуоҕа.
                   Күүтүүлээх сайыҥҥы  хонуктарбыт
                   күөх суугун  ырыаларын
                   саймаарыччы тардан,
                   түргэн  бэйэлээхтик
                   элэҥнээн  ааһыахтара...
                   Туох барыта  умнуллуо.
                   Биһиги  олохпутун  билбэт
                   Саҥа  көлүөнэ
                   үрдүктүк туттан
                   кэлиэҕэ...
                   Кэлиэҕэ  -
                   ааспыты  ахсарбаттыы,
                   Ааспыкка  -
                   болҕомтотун да  уурбакка...
                   Арай,  Эйиэхэҕэ,
                   олоҕум доҕоругар  анаабыт
                   истиҥ хоһооннорум
                   ааҕыллалларын тухары  -
                   эн  сэмэй  аатыҥ ааттаныа,
                   үйэлээх  ырыа  буолан  -
                   кими  эрэ долгутуо,
                   ким  эрэ санньыар  санаатын
                   олоххо эрэлинэн толоруо...

       80
   77   78   79   80   81   82   83   84   85   86   87