Page 107 - Норуоттан тахсыбыт талаан
P. 107

Киэн  тутта учуутал  аҕам  эппит тыла
                Умнуллубаттык  хатаммыта  оҕочоос  өйбөр.
                Сыллар-хонуктар  субуллан  аастылар  —
                Тэрэнтэй да,  аҕам да  билигин  суохтар.
                Кэлэр  кэскили  уһатан,
                Ийэттэн  төрүүллэр  оҕолор,
                Кэрэни  тыынныыр  туһуттан
                Үлэттэн  төрүүллэр  үлэлэр...

                II.
                Мин  киһи  да  быһыытынан,
                Поэт  буолуу  үрдүк аналынан
                Өрүү  сүгүрүйүөм  тыыннааҕым  тухары
                Саха  былыргы  муос,  мас  оҥоһуктарыгар,
                Ааспыт  олоҕу  сэһэргиир  кини  ойууларыгар...

                Дьиэрэҥкэй  үҥкүүнү  санаталлар
                Сытыы  быһаҕынан  быһыллыбыт
                Дьикти  дьэрэкээн  оһуордар,
                Кинилэр  сылаас  иэйиини  саҕаллар
                Кустуктуун  куустуспут  алаас  чараҥыныы,
                Үөһэттэн  кутуллар  күөрэгэйдэр  ырыаларыныы.

                Кэпсэтэр  курдуктар  чорооннор,
                Кытыйалар,  матааччахтар
                Сахалыы  оһуохай  тылларынан,
                Оһуор-ойуу уран  алгыһынан.

                III.
                Урууларга,  ыһыахтарга  уохтаах  кымыһы
                Үс  атахтаах  чорооҥҥо  куттан
                Өбүгэлэрбит  иһэллэрэ
                Олоҕу,  тапталы,  сырдык дьолу  түстээн...
                Үс  атахтаах  чорооҥҥо  оһуор  быһаллара
                Үйэлэргэ  ааттарын  хаалларан
                Алаас  мындыр,  улуу уустара.

                Улуу уустар  олохторо
                Туманы  кытта  туман  буолан,
   102   103   104   105   106   107   108   109   110   111   112