Page 105 - Норуоттан тахсыбыт талаан
P. 105

сыдцьан  идэҕэ  үөрэниитэ  буолуон  сөп.  Холобур,  мин тоҕо  муос
       ууһл буолан таҕыстым? Оҕо сылдьан мас ууһа убайбар көмөлөһөр
       этйм,  онон бу идэни баһылыырбар,  сөбүлүүрбэр төрүт буолбута.
       Убайым маһынан ыскааптары, остуоллары оҥороругар миэхэ олор
       киэргэллэрин  оҥорторор  этэ.  Онон  кырабыттан  быһаҕынан
       туттар  буолбутум.  Итиннэ  даҕатан  эттэххэ,  үлэһит  ыал  оҕото
       хайаан да  үлэҕэ  сыһыаннаах буола улаатар.  Санаан да  көрдөххө,
       оҕо эмискэ туохха эмэ дьоҕурдаах буола түһүөй. Дьэ ону эрдэттэн
       быһаарар  уонна  сайыннарар  туһуттан  кинини  үлэҕэ  сыһыан-
       наах  гына  иитиэххэ  наада.  Төрөппүттэр  оҕолорун  “эн  туохха да
       дьоҕуруҥ,  талааныҥ  суох”  диэн  саба  саҥараллара  сыыһа.  Оҕо
       хайаан да туохха эмэ дьоҕурдаах буолар. Ону биһиги, төрөппүттэр,
       аахайан билбэппит, кыайан быһаарбаппыт. Онон бэйэбит билбэт
       буоллахпытына,  оҕону  куруһуоктарга  сырытыннарыахха  наада,
       онно  кини  дьоҕура  көстүө-биллиэ  турдаҕа.
          Дьоҕурдаах,  талааннаах  киһи  үлэтигэр  сүрдээҕин  үлүһүйэр.
       Кини толкуйдуур толкуйа,  саныыр санаата  наар  үлэтин туһунан
       буолар.  Айар  үлэһиккэ  чаастаах  үлэ  диэн  суох  —  холобур,  алта
       чаастан киэһэ толкуйдаабаппын,  өрөбүл  күннэргэ  сынньанабын
       диир  кыаҕы  үлэтин  үөскээн  иһэр  ис  хоһооно  киниэхэ  биэрбэт.
       Мин  мастарыскыайым  иһигэр  ону-маны  оҥоро  сырыттахпына
       астынабын уонна үлэлиир кэммэр саҥа санаа киирэр.  Үлэ туһата
       диэн элбэх.
          Киэҥник сылдьар киһи элбэҕи көрөр.  Ылан  көрүөҕүҥ музей-
       дары.  Ити  музейга  сыддьыы  араас  буолар,  холобур,  сорох дьон
       музейга туруоруллар оҥоһуктары, хартыыналары түргэнник көрө
       охсоллор.  Кинилэр хартыына ис хоһоонун,  оҥоһуллубут ньыма-
       ларын сыныйан көрбөттөр быһыылаах. Бу оҥоһуктар, хартыыналар
       туһалара диэн киһи итинтэн саҥаны айарга үөрэнэр, атын худуо-
       һунньуктар  үлэлэрин  сөҕө  көрөр.  Уус тарбахтаах,  сытыы  өйдөөх
       дьон үлэлэрин түмүгэ киһини хайдах үөрдүбэт, тарпат буолуоҕай?
          Мин  маҥнай  айар  үлэ  аанын  муосчут быһыытынан  аспытым
       отут  сыл  буолла.  Ааспыт  сыллар-хонуктар  мин  олохпор  дьол,
       ситиһии сүүрээнин эрэ киллэрбит буолбатахтар. Кырдьыга, үөрэ-
       ҕим кырата, нууччалыы аанньа билбэтим айар үлэбэр мэһэйдэри
       үөскэтэрэ. Элбэҕи ааҕар киһи билиитэ киэҥ. Элбэҕи билэр буоллуҥ
       да, саҥаны айаргар суол-иис арыллар. Эн илииҥ иһиттэн тахсыбыт
       үлэ мэлдьитин хайҕал үрдүгэр түспэт. Түһүөн сөбө да суох. Айар
       киһи  алҕаһыыр түгэннэрэ баарын бэлиэтии  көрөн этэр дьоннор
       бааллара үчүгэй. Дьон эн сыыһаларгын эппиттэриттэн өһүргэнэн,
       санааҕын түһэрэн,  олоххор талбыт суолгуттан туораан биэрэриҥ
       —  эн  мөлтөххүн,  кыаҕыҥ  муҥурдаммытын  көрдөрүөхтэрин  эрэ
       сөп. Онон оҕо туох эмэ алҕастаах буоллаҕына, ону ыйар түбэлтэҕэ
   100   101   102   103   104   105   106   107   108   109   110