Page 229 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 229
ва бэйэтэ да үлэлээн «хачыгырайарга» анаан төрөөбүт курдук
кыра, хачаайы уҥуохтааҕа-сииннээҕэ. Эрин курдук үлэһит үтүөтэ
эта. Мария Николаевна аҕыйах сыллааҕыта өлбүтэ. Кини отуттан
тахса сыл улуустааҕы типографияҕа үлэлээбитэ. Бэчээт туйгунун
аатын ылбыта.
«Ээ, ол барахсан, сарсыарда тыҥ хатыытыттан, киэһэ им
сүтүөр диэри үлэлээн, букунай да букунай, хаһан да бүтүө суох
үлэни кэлэн. Оннук үтүө киһи!» — диэн кырдьаҕастар, ытыкта-
былы кытта сөҕүүнү-махтайыыны хойуу үүттээх чэйи иһэ олорон
аргыый наҕылыйан, этээччилэр.
Күндү ааҕааччы, кинигэ ааптара И. С. Прудецкай туһунан кыл-
гастык билиһиннэрдэххэ итинник. Баай ис хоһоонноох олоҕунан
олорор киһи суруйуулара да, ааҕааччы сүрэҕэр-быарыгар истиҥ-
ник тиийиэ диэммин, кинигэ ис хоһоонун ырыппакка эрэ, эһиги
үтүө сыанабылгытыгар бүтэйдии эрэнэбин, итиэннэ олох бары
аһыытын-ньулуунун этинэн-хаанынан билбит Иннокентий Семе
нович суруйуутун кытта аан бастаан билсибиккититтэн үөрэбин.
Сиринэн, тыанан сиэттиһэн. — 1994 с.
ОЛОҔУ, ДЬОНУ ТАПТЫЫРА
(интервью)
— Нина Алексеевна, эн биһикки кэпсэтиибитин историческай
чахчылартан сабалыахха. Дьиэтээҕи архыыппар 1825 сыллаах-
ха тохсунньу 1 күнүгэр илиинэн суруллубут Легей тойон үс төгүл
хос сиэнэ, Бороҕон улууһун кулубата Иван Емельянович Мигал-
кин илиитинэн суруйбут төрүччүтэ баар. Мантан көстөрүнэн, Эн
кэргэниҥ, биллиилээх учуонай, общественнай диэйэтэл Юрий
Иванович Васильев-Дьаргыстайдыын тоҕус төгүл хос эһэбит
Легей Тойон буолар. Биллэрин курдук, Легей Тойон алта уол-
лааҕа. Олортон биирдэстэрэ Уус Апдаҥҥа билигин да ахтыл-
лар аатырбыт-сураҕырбыт Төрөнөй Ойуун. Кини Юрий Ивано
вич аҕыс төгүл хос эһэтэ. Төрөнөй Ойууннуун бииргэ төрөөбүт
Ноктооттон Мигалкиннар удьуордара барар. Аны Эн саха дьоно
бары таптаан, умсугуйан аахпыт уһулуччулаах суруйааччыбыт
Николай Якутскайга хаан-уруу аймаҕа буолаҕын. Маннык дириҥ
силистээх-мутуктаах Юрий Иванович кэргэн быһыытынан дьиэ-
тээҕи олоххо хайдах этэй?
— Иван Васильевич, үтүө күнүнэн. Юрий аҕата Иван Семе-
15-355 225

