Page 48 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 48
Эн киһигин, кытаанах санаалааххын итиннэ көрдөрүөхтээх-
хин.
Мин кэмминэн, кырдьа^ас киһи сиэринэн, букунаһа, улэлии-
хамсыы сылдьабын. Доруобуйам тута$а мэһэйдиир. Онтон
ылата барыта этэн,н,э.
Дьокуускайга улахан сонун суох. Барыта уруккутунан.
Үбулүөйдэр, на^араадалар элбэхтэр. Олор суруйуулара сыла-
тар. Холобура, Анегина Ильина РСФСР Госпремиятын лауреа
та буолла. Тобуруокап, Руфов үбүлүөйдэрэ буолан ааста. Мун-
ньахтар олус угустэр.
Чэ, итинник.
Уруйу кытта С. Данилов.
Р.З. Мин эйигин төһө да мөхпутүм, кыһыйбытым иһин,
дьицнээхтик кэлэйэ илик этим, хаһан да ыкка бырахпата^ым.
«Мэнигилээн, киһиргээн ол-бу буолар» дии саныырым...
* * *
«Атырдьах ыйын 10 сан,ата, 1978 с.,
куйаас Сэргэлээхтэн. Бугун + 32.
Уйбаан, дорообо, до$ор!
Суруккун туттум. Учугэйдик сылдьар эбит, о$онньорун ум
ну бат эбит диэн уердум.
Армия сокуона кытаанах. Ону бэркэ билэбин, өйдүүбүн. Эн
бэрт сөпкө гынар эбиккин: өсөһөн, тыл аахсан туһа суох, бос-
туой таах ата$астанан, баттанан хаалыан, этэ инньэ гына-
рын, буоллар. Дуула^а, бэйэни түһэн биэрбэт санаа онтон
тутайбат. Армия сокуонугар, командирдар дьаһалларыгар
мөккуөрэ суох бас бэринии, дьицинэн, куус бэлиэтэ, киэн,, кыах-
таах санаа бэлиэтэ. Оттон кыраттан өһургэнии, куруубайда-
һыы — татым санаа, кэрэгэй кыах бэлиэтэ. Ону эн кыахтаах,
киэн, санаалаах, киэн, кө?үстээх киһи быһыытынан саамай соп
ке өйдүур эбиккин. Э$эрдэлиибин!
Элбэ$и аа^арын,, духовнай өттунэн тиһигин быспакка. ар
мия да условиетыгар сайда, көрдүу, өйгүн, дууһа$ын үлэлэтэ
сылдьарын, учугэй. Дьицнээх киһи дууһатын мучумаана, ийэ ку-
тун, истин, оло$о хайа да эйгэ$э уоскуйуо, умуллуо суохтаах.
Кэлэр кэскилин, туһунан эмиэ саамай сөпкө ылынан, быһаа-
рынан сылдьар эбиккин. Киһи оло$о бутүннүүтэ быыстала
суох кэрэ$э тардыһыы, сырдыкка кэскиллээххэ талаһыы буо-
луохтаах. Оттон «Оо, гражданка$а хайдах эрэ аһыыбын-сии-
44

