Page 49 - Иван Мигалкин. Сүрэхтэн саҕыллар санаалар
P. 49

бин,  көрүлүүбүн!» — диэн татым баралаарын буоллар,  ол опус
        кэрэгэй,  үүммэт, өнүйбэт бэлиэ буолуох эта. Хоһоон суруйарын
        уонна биһээллик,  көрөн-истэн үлэлиир буолбутун эмиэ үчүгэй.
           Онон  эн  миигин,  ыалдьа  сытар  кырдьараһы,  бэркэ  диэн
        үөртүн, кэрэ кэскилгэр итэрэттин.
           Манна  улахан  солун  суох.  Истибитин,  эбитэ  дуу:  Василий
        Саввин  уол  Варя  Потаповалыын  холбоһон,  ыал  буолбуттар
        диэн  үөрүүлээх  сурах  баар.  Испэр  хайдах  эрэ  «Дьон  буолаары
        гыннахтара» диэн үөрүү баар. Иккиэн бараны дьорурдаах,  кыах-
        таах бара дьон буоллахтара дии.
          Дьокуускай  өрүөллэрэ,  урдустара —  бука  бары  кэмнэринэн
        этэннз упэлии-хамсыы сылдьаллар.
          Хас  да  сана,  эдэр талааннар  көстүтэлээн,  онон-манан  бы-
        гыахтаан эрэллэр.  Холобура,  Андросов — диэн Анаабыр,  Угаа-
        рап диэн ЯГУ учуутала уонна били Литинституттан уһуллар
        Үөһээ Бүлүү уола уо.д.а.  Онон Сахабыт литературата хотоку
        өтөрүнэн соччо эстэр-быстар анала суох быһыылаах.
           Н. Харлампьева  кыыс ЯГУ-ну  бутэрбитэ...  билигин  дьэ  хо-
        һуйан,  улэлээн-хамнаан эрэр.  Ол олус учугэй...
          Арай  оронньоттор.  биһиги,  улам  мөлтөөн,  ыалдьар-сутэр
        буолан иһэбит. Н. Е. Мординов, К.  Уурастыырап уонна мин бараны.
           Мин  билигин  бу  ыалдьа  сытан  «Сэргэлээххэ  көмүс  ардах»
        диэн кинигэ сыыһын оноро сатыыбын.
          Дорор,  эйигин  сэмэлиэх  санаам  кэллэ.  Мин  эйиэхэ  биирдэ
        этэн турабын:  «Саха  кулгаарар  бал пат нууччалыы тартаран
        суруйарын», — диэн.  Бу хоһоонноргор онно ыйбыт  «Москва ан-
        ныгар»  диэн  этии  эмиэ  киирбит.  «Анныгар»  диэн  «Сирин  ан-
        ныгар»  диэн  өйдөбүллээх  эбээт.  Оттон,  онтон  итэрэһэ  суох
        дуорайыылаах, ис хоһоонунан быдан сүүйүүлээх «Москва атты-
        гар»,  «Москва  таһыгар»  диэн  тыллар  бааллар  эбээт  сахара.
        Эбэтэр  «Москваттан чугас»  да диэтэххэ,  туох куһарана  баа-
        рый?
           Чэ итинник сэмэлээн бүтүүм.
                                       Уруйу кутта Семен Данилов.











                                                                45
   44   45   46   47   48   49   50   51   52   53   54