Page 164 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 164
эйэлээхтик, уолун кынатын анныгар бүөбэйдэтэн дьоллоох
олоҕу олорон ааспыта.
Реас Алексеевич биир үтүө хаачыстыбатынан хаһан даҕа-
ны, хайа даҕаны түгэҥҥэ дьон туһунан, биирдии даҕаны ки-
һиэхэ сыһыаран, куһаҕан тылы, сыаналааһыны оҥорбот, наар
үчүгэйи эрэ ыралыыр, кэпсиир идэлээх этэ. Маны таһынан
олус сэмэй, кэпсэтэригэр даҕаны тылын-өһүн сааһылаан са-
ҥарар, кэнсэтэр киһитин олус болҕомтолоохтук истэр этэ.
Кэлин партия райкомуи бастакы сэкирэтээринэн, дьа-
һалта баһылыгъшан үлэлиир сылларбар мунаарар боппуруос-
тар үөскээтэхтэринэ олус сиһилии, ымпыгын-чымпыгын
барытын ырытан быһааран биэрэрэ.
Мин Атос Реасовичтыын билсиэхпиттэн күн бүгүнҥэ
диэри кини дьиэ кэргэттэрин кытары бодоруһан, табаа-
рыстаһан, олус тапсан бииргэ үлэлээбиппит. Билиҥҥэ диэ-
ри сибээспитин быспаппьгт.
Реас Алексеевич Ытык Күөлгэ олоруоҕуттан ыла суру-
йааччылар, айар интеллигенция бэрэстэбиитэллэрэ кэллэх-
тэринэ хайаан даҕаны убайбытыгар сырытыннаран, кини
сылаас чэйин иһэрдэн, Татьяна Паповна дэлэй астаах остуо-
лугар күндүлэтэн-маанылатан ыытар идэлэммиппит. Онон
Реас Алексеевич нууччалыы этгэххэ улуус «визитнэй кар-
точкатыгар» кубулуйан үлэбитигэр-хамнаспытыгар олус көмө-
лөөх киһи буола түспүтэ.
Биһигини эмиэ ыҥыртаан сотору-сотору чэйдэтэр идэ-
лээҕэ, онуоха ону-манны көрү-күлүүнү кэпсэтгэхпитинэ бэрт
тэбэнэттээхтик көрө-көрө көннөрү мүчүҥнээн ылара бу баар
курдук. Кини күн сириттэн 1993 с. барыан аҕай иннинэ тоҕо
эрэ тэһэ астаран төлөпүөҥүнэҥ «Георгий Михайлович, бириэ-
мэлэннэххинэ кэлэн бараар эрэ», — диэбитэ. Мин кинини
эмискэ куһаҕан эрэ буолуо диэн хаҥган билиэммий, «үлэ
чааһын бүтүүтэ барыаҕым», — диэн быһаарынан эбиэттээн
киирбиппэр, Атос Реасович төлөпүөнүнэн: «Георгий Ми-
хайлович, аҕам эмискэ куһаҕан буолла. Олбуорун таһыгар
тииккэ өйөнөн олорон сүрэҕинэн барбьгг», — диэн этэн со-
һутан өлөрө сыста.
Реас Алексеевич улуу Өксөкүлээҕи үйэтитиигэ Людмила
Реасовналыын, Атос Реасовичтыын ыытар үлэбитин олус
сыаналыыр уонна бу омук туһугар оҥоруллар дьыала диэн
киэнтгик өйдүүр этэ. Онон улуу Өксөкүлээх уолун кытары,
кини дьонун- сэргэтин, аймахтарын кытары бииргэ алтыс-
пыт, үлэлээбит дьоллоох киһинэн бэйэбин ааҕынабын!
162

