Page 78 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 78

Реас Алексеевич миэхэ суруктара
           Реас Алексеевич Кулаковскай миигин кытта суруйсуутут-
        тан саамай боччумнаахтара кини «Аҕам олоҕо» диэн ахтыы-
        сэһэнигэр сыһыаннаахтара буолар. Мин айымньы сурунаалга
        тахсарыгар да, туспа кинигэ буоларыгар да көрөр-истэр ре-
        дактор буолан улэлэспитим. Онон, ол-бу тутуһуулардаах ре-
        цензиялары, эрдэ көрутэлээбитим, ол туһунан авторга били-
        һиннэрбитим. Суруктар ис хоһоонноро итини кытта быһаччы
        сибээстээхтэр. Бастакы сурук «Киирии тыл» диэн ааттам-
        мыт, ол эрээри тоҕо эрэ бу «Киирии тыл» туһаныллыбатах.
        Тоҕо оннук буолбутун мин билигин өйдөөбөппун.
                                                   Петр Аввакумов
                                Киирии тыл

           Бу  кинигэни  мин  уонтан  тахса  сылга  ылахтаһан  бүтэр-
        дим.  Оттон  матырыйаалы  ол-бу  дьоннортон  истэн,  ыйыта-
        лаһан,  кэпсэтэн  үйэм  тухары  хомуспутум.  Ордук  чорбойон
        матырыйаалы хомуспутум аҕам бастакы үөҕүлл үүтүттэн ыла.
        Оччолорго  мин  өйдүүрбэр  кини  үөҕүллүүтэ  ураты  дьикти
        этэ. Аҕыйах ахсааннаах үөрэхтээх эрэ дьон дьорҕойон үөҕэл-
        лэр,  оттон  саха  норуота  бүтүннүү  таптыыра,  ытыктыыра,
        сөҕөрө-махтайара. Аны ол үөрэхтээхтэр этиилэринэн Өлөксөй
        бандьыыт  курдук  эмиэ  кэпсэнэн  ылара.  Оттон  аҕам  бииргэ
        сылдьыбыт дьоно, оччотооҕу олоххо олорон ааспьгг дьоннор
        Өлөксөйтөн  биир  да  сыыһаны  булан  кэпсээбэт  этилэр.  Бэрт
        элбэх  дьон  Өлөксөйгө,  кини  сүбэлээн  баандаҕа  саа  туппа-
        тахпыт  диэн  сүгүрүйэн  туран  махтанар  этилэр.  Билбэт  буо-
        ламмын,  ол  дьонтон  сэбиэтинэн  туоһулатан  сурук  ылбатах-
        пыттан  хомойобун.  Көннөрү  туоһуламматах  эрэ  суруктар
        бааллар.  Оччотооҕу  олоххо  олорботох  аҕыйах  үөрэхтээхтэр
        аҕабын ат гынан барбытгара ураты абалаах этэ. Мин ол иһин
        дьаныһан,  утумнаахтык  ыйыталаһан  хайаан  аҕам  олоҕун  ту-
        һунан үөрэтэн барбытым.
           Манна кинигэҕэ баар дьон туох да уларытыыта суох аат-
        тыын-суоллуун  тус  бэйэлэринэн  сылдьаллар.  Онон,  дьиҥ-
        нээх  кырдьыктан  тахсымаарыбын,  суруйуум  оччо-бачча  ыл-
        баҕайа суох өрүтгэрдээх буолан таҕыста.
          Сиипсэп  Бүөтүр  Миитэрэйэбис  диэн  Сиэллээх  нэһилиэ-
        гин  киһитэ  баар.  Ити  букатын  атын  киһини  ааттаабытым.
       Дьиҥнээх  Сивцев  Петр  Дмитриевич  Таатга  биир  бастакы
        ревкомовеһа,  бандьыыттар  өлөрбүт  киһилэрэ.  Бэйэм  нэһи-
        лиэгим.  Онтукабын  суруйан  бүтэрэн  бараммын  эрэ  өйдөөн
       76
   73   74   75   76   77   78   79   80   81   82   83