Page 74 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 74

тэр  элбэх  буолбут  буолан  хаалаллар  эбит,  итини  кэлин,  бу
           маннык санатыһыылаах кэмнэр кэллэхтэринэ, биирдэ өйдөөн
           баттаххын  үргэммитэ  буолаахтыыгын:  киһи  бэйэтэ  тутатына
           үчүгэйдик  сылдьар  буолла  да,  ол  күннээҕилэригэр  аахайбат,
           оттон  дьиҥ  иһигэр  ити  «күннээҕилэригэр»  туох  эрэ  суолта-
           лаахтар да умнуллубут буолуохтарын сөп ээ!
              Дьэ  итинник,  Реас  Алексеевичтыын  элэҥ-сэлэҥ  көр-
           сүһүүлэрдээх  үгүс  сыллар  устан-ааһан  испитгэрэ.  Ити  аас-
           пыт сыллартан, Реас Алексеевичка сыһыаннаатахха, миэхэ ордук
           бэлиэ  буолбут  уонна  биһигини  ордук  чугасаһыннарбыт  кэм-
           митинэн  кини  Өксөкүлээх  Өлөксөй  туһунан  суруйбут  дьо-
           һуннаах үлэтин «Аҕам олоҕо» диэн ахтыы-сэһэнин редакция-
           лаан кинигэ оҥорбут күннэрим-дьылларым буолаллар.
              Автор бастаан рукопиһын кинигэ издательствотыгар аҕалан
           туттарбыт этэ. «Хотугу сулус» сурунаалга тоҕо урутаан кил-
           лэрбэтэҕин  билбэппин,  мин  ол  саҕана  сурунаалга  кэлэн  үлэ-
           лээбитим,  онно  проза  отделыгар  маннык  айымньы  киирдэ
           диэни истибэтэҕим. Издательствоҕа уус-уран уонна оҕо лите-
           ратуратын  редакциятын  сэбиэдиссэйэ  Т.И.Румянцева:  «Реас
           Кулаковскай аҕатын туһунан бөдөҥ айымньыны суруйан кил-
           лэрдэ,  ону,  эн  биһиэхэ  да,  авторга  да  көмөлөһөн,  редакция-
           лыырга  ылын  эрэ»,  —  диэн  телефоннаан  көрдөстө.  Мин
           көрдөһүүгэ улгум сордоохпун, «ээх» дии охсон кэбистим. Та-
           тьяна  Ивановна  мин  ылына  охсубуппуттан  үөрдэҕэ,  «дуога-
           бар  оҥоруохпут»  диэн  мин  ити  өс  киирбэх  «ээх»  диирбин
           эбии ытаһалаан кэбистэ. Ити дуогабардаһар диэн үчүгэй, ку-
           раанахха үлэлээбэккин, эрэйиҥ тиллэр. Киһи киһиэхэ көннөрү
           көмөлөһүөн  сөп  эрээри,  улахан  үлэҕэ  элбэх  күн-дьыл  барар,
           онон  бэйэҥ  үлэлиириҥ  атахтанар,  ол  иһин  кэпсэтии  тэрилтэ
           өттүттэн буолла да, дьыала-куолу хайаан да наада.
              Таарыччы  аҕыннахха,  мин  биир  кырдьаҕас  киһи  бэйэтэ
           кэлэн  «кинигэм  тахсарыгар  көмөлөс,  күн-ый  буол»  диэн
           үҥэн-сүктэн  көрдөспүтүн  эмиэ  өс  киирбэх  ылынан  ыйы-
           ыйынан  үлэлээн  баран,  туох  да  докумуонум  суох  буолан,
           таах  эрэйдэнэн  турардаахпын,  ол  содулугар  бэйэм  биир  үлэ-
           бин  кэмигэр  кыайан  бүтэрбэккэ  хаалбытым,  туох  кистэлэй
           —  «баһыыбаны»  ылбытым.  Отгон  Реас  Алексеевич  «Үлэҥ
           төлөбүрүгэр  гонорарбыттан  биэриэм»  диэн  хаайбытын  нэ-
           һиилэ  тохтоппутум:  «Ок-сии,  бачча  үлүгэр  эрэйдэнэн  ба-
           раҥҥын» диэн өссө хомойуох курдук буолбута, көр дьэ итин-
           ник  киһи  этэ  Реас  Алексеевич  барахсан  (бу  адьас  кэлин,
           кинигэ тахсыбытын кэннэ этэ).
              Мин Реас Алексеевич бу дьоһуннаах үлэтигэр олус кыһа-
           нан ылсыспытым. Бастакытынан, бу улуу Өксөкүлээх
          72
   69   70   71   72   73   74   75   76   77   78   79