Page 87 - Өксөкүлээх Уола 2009 223стр
P. 87
ҕутган үтүөкэннээх суруйааччыларбыт айар үлэлэрэ кыайан
ырытыллыбакка, эдэрдэр үөрэниилэрэ тутах быһыылаах дии-
бин.
П.А.: Эн билигин Өксөкүлээх Өлөксөй туһунан айым-
ньыны суруйа сылдьаҕын. Эн бу үлэҕэ бэрт уһун кэми анаа-
тьпг. Айымнъыҥ өссө да ситэ илик. Табылыннаҕына, арааһа,
аҕаҥ туһунан ромаҥыҥ Эн сүрүн айымнььпъгнан буолуохтаах.
Р.К.: Аҕам туһунан роман үгүс бириэмэбин ылла. Сүрүн
айымньы буолуо дии санаалаахпын да... Чэ бээ...
Аҕабын аан бастаан түөрпүн эрэ туолуом иннинэ көрбү-
түм... Ол иннинэ көннөрү истэр эрэ этим. Ол да буоллар,
истиҥник таптыы саҥыырым. Оччолорго «аҕаҥ курдук ууһук-
кун» дииллэрэ буоллар, ууга да түһүөм этэ.
Эһэм (ити Дэлиһиэйи кытта бииргэ төрөөбүт киһи) Быр-
гый Уйбаан аҕам туһунан бэркэ манньыйан, «оҕом Өлөксөй»,
— дии-дии, дьоҥҥо кэпсиирин сэргэҕэлээн иһиллиир буо-
лар этим. Онтон куралай уол буолуубар эдьиийим Лариса,
убайым Тэрэпиэн, дөксө арыый кэлин убайым Арамаан,
аҕабын кытга бииргэ үөскээбит Төгүрүк Дьөгүөр, Уот Хойос-
тоон, Орҕоот Баһылай, табаарыһа Наһаар Омуоһап. Алампа
Соппуруонап, кыра үөрэхтээх буолан уонна бииргэ үөскээ-
битинэн доҕоро Сүөдэр Сиипсэп. Быргый сиэнэ олоҥхоһут
Дарыбыан Дабыыдап, онтон да атын аҕабын үчүгэйдик би-
лэр-көрөр, үгүстүк бииргэ сылдьыбыт дьоннортон бэрт эл-
бэҕи истэрим. Ол курдук аҕам туһунан биир күлүктээх тылы
истибэккэ улааппытым.
Биэнсийэҕэ тахсар күн ыган кэлбитигэр Суорун Омол-
лоон аҕам туһунан суруйарга өй биэрбитэ, модьуйбута даҕа-
ны. Мин ылыммытым.
Г.П.Башарин үлэлэрин, Е.Е.Алексеев кинигэтин, онтон
да атын аҕам туһунан тахсыбыт бары үлэлэри үөрэппитим.
Онтон П.И.Филиппов уонна И.Е.Федосеев биэртэлээбит
докумуоннарыгар олоҕуран, Саха сиригэр Гражданскай сэ-
рии кэмин туһунан учуонайдар сүбэлэригэр итиэннэ аҕабьш
үчүгэйдик билбит, көрбүт, бииргэ айаннаспьҥ дьогшор кэп-
сээннэригэр тирэҕирэн суруйан киирэн барбытым.
Ити үлэбэр биирдэ истибиппин умнубатым көмүс талаһа
кэбиспитэ. Бастаан уус-уран роман гынан суруйан испитим.
Онтон ааҕан көрөн бараммын, астымматаҕьш. Аҕам арааска
балыллан сордоммута-муҥнаммыта бэрт. Ол иһин туох да
уларытыыта суох, наар докумуоннарга олоҕуран суруйары
ордорбутум.
Ити үлэбин уон биир сыл устата суруйдум.
85

